Римма Корякина-Хотууна «Үтүө санаалаах куобах» остуоруйата уһуйаан оҕолоругар ыалдьыттыыр
Ааспыт нэдиэлэҕэ «Туллукчаан», «Улыбка» уһуйааннарыгар былааннаммыт «Библиопоходка» сылдьан кэллибит. Кыра, орто, улахан уонна бэлэмнэнии бөлөх иитиллээччилэригэр ыалдьыттаатыбыт. Оҕолорго анаан Дьааҥы улууһуттан төрүттээх , Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо, оҕоҕо аналлаах хас да кинигэ ааптара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Римма Корякина-Хотууна олоҕун, айар үлэтин туһунан билиһиннэрии оҥордубут . «Уу-чукучуктарга тэттиктэр», «Мэник бичиктэр» кинигэлэриттэн хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдибит, 2022 сыллаахха тахсыбыт «Көмүс көһүйэ остуоруйалара» диэн кинигэтиттэн «Үтүө санаалаах куобах» остуоруйаны көрдөрдүбүт.