Сэтинньи ый 4 күнүгэр Арассыыйа үрдүнэн Сомоҕолоһуу күнэ 2005 сылтан дойду бэрэсидьиэнин уурааҕынан бэлиэтэнэр буолбута. Арассыыйаҕа 100-тэн тахса араас омук олорор. Сомоҕолоһуу күнэ – бары норуот биир сомоҕо буолан дойдубут инники сайдыытыгар үлэлииргэ-хамсыырга, иллээхтик олорорго угуйар. Хас биирдии норуот бэйэтэ туспа култууралаах, үгэстээх, кэпсэтэр тыллаах, суруктаах-бичиктээх. Итинэн сиэттэрэн «Ааҕар чаас» куруһуокпут 2 «а «кылааһын оҕолоругар […]
Афиша событий и мероприятий
Свежие новости
Нэдиэлэ ахсын ыытыллар «Боотурускай улуус уостан түспэт номохторо: түмэлгэ көрсүһүүлэр» тэрээһиммит ыытылынна. Бу сырыыга С.А.Новгородов аатынан орто оскуола 5 «в» кылааһын үөрэнээччилэрэ ыалдьыттаатылар. Оҕолорго улуус историятын сэгэтэр экскурсияны, киһи эрэ сэҥээрэ истэр номоҕун А. А. Саввин аатынан история уонна этнография түмэлин экскурсовода Анна Николаевна билиһиннэрдэ. Оҕо библиотекатын сүрүн библиотекара Екатерина Петровна оҕолорго бу тэрээһин туох […]
Бу нэдиэлэҕэ «Мичил», «Улыбка» уһуйааннар иитиллээччилэригэр кинигэ эйгэтин билиһиннэрэ, оҕолор тулалыыр эйгэлэрин — айылҕаны төһө билэллэрин тургута «Тулалыыр эйгэ» интерактивнай оонньуу ыыта тиийэ сырыттыбыт. Манна улахан уонна бэлэмнэнии бөлөх оҕолоро кытыннылар. Кырачааннар, айманалларын быыһыгар, оонньууга сөптөөх эппиэттэри биэрэн үөртүлэр, сөҕө-махтайа, былдьаһа-тараһа кинигэлэри сэргээн көрдүлэр.
Ежегодно Российская Государственная Детская библиотека проводит Всероссийскую олимпиаду «Символы России». В этом году олимпиада приурочена к Году единства народов России. Проводится в II этапа. Учащиеся, прошедшие I этап, дальше принимают участие во II этапе. В первом этапе олимпиады в с.Чурапча очно-заочном режиме приняли участие учащиеся средних школ им. С.А. Новгородова, И. М. Павлова, ЧРССШИОР им. […]
Ааһан эрэр нэдиэлэ, алтынньы ыйын 20, 21,22,23 күннэригэр «Ааҕар чаас» куруһуокпутугар оҕолорбут сахалыы өйдүүллэрэ, ааҕаллара тупсарыгар, толкуйдуур, саҥарар дьоҕурдара сайдарыгар туһуламмыт кинигэлэри аахтардыбыт, ырытыстыбыт. «Саха оскуолата» систиэмэнэн «Ыалынан ааҕыы», «Бэйэ ааҕыыта», «Айымньы түһүлгэтэ» ааҕар кинигэлэр бу дьарыкка олук буолаллар. Аралдьыта таарыйа оҕолору сахалыы, араас остуол оонньууларын, таабырын таайсыытын, остуоруйанан викториналары ыыттыбыт. Бу куруһуокка үөрэтэр оҕолорун […]
Бүгүн, Оҕо төрөөбүт тылынан ааҕарын көҕүлүүр “Төрөөбүт тыл биһигэ” кииммит «Боотуруускай улуус уостан түспэт номохторо»: түмэлгэ көрсүһүүлэр» тэрээһинэ, иккис төгүлүн ыытылынна. Буоларын курдук, оҕолорго А.А. Саввин аатынан история уонна этнография түмэлин сэдэх экспонаттарын көрдөрөр, кэпсиир сыаллаах икки сааланан экскурсия тэрилиннэ. Түмэлгэ бүгүҥҥү көрсүһүүбүтүгэр С. А. Новгородов аатынан орто оскуола 5 «б» кылааһын үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар. […]
Бу нэдиэлэҕэ «Ааҕар чаас» куруһуокка анаммыт күннэринэн кэлэн 2а, 2 б уонна 4г кылаас үөрэнээччилэрэ саха суруйааччылара оҕолорго кэпсээннэрин ааҕаллар, кинигэ ис хоһоонун төһө өйдөөбүттэрин кэпсэтиһэллэр. Оҕолор сахалыы толкуйдарын уһугуннарар сыалтан таабырын таайса, өс хоһооннорун салгыытын ситэттэрэ оонньотобут. Маҥнай сэҥээрбэт курдук буолан иһэн, көххө өйдөрө уһуктан кыттыһан бараллар.
Оҕо төрөөбүт тылынан ааҕарын көҕүлүүр “Төрөөбүт тыл биһигэ” кииммит «Боотуруускай улуус уостан түспэт номохторо»: түмэлгэ көрсүһүүлэр диэн саҥа тэрээһинин саҕалаата. Өбүгэлэрбит олорон ааспыт кэмнэрин, олохторун-дьаһахтарын, үгэстэрин, сиэрдэрин-туомнарын, билиһиннэрэр сыалтан, үһүйээннэрин, номохторун истэ, билэ, иҥэринэ үөрэнэллэригэр диэн, А.А. Саввин аатынан история уонна этнография түмэлин кытта сөбүлэҥ түһэристибит. Даҕатан эттэххэ, бу тэрээһиммит «Уостан түспэт номохтор» диэн күрэхпитигэр […]
Оҕо төрөөбүт тылынан ааҕарын көҕүлүүр «Төрөөбүт тыл биһигэ» киин оҕоҕо олоҥхону тиэрдэр сыалтан, Олоҥхо киинин «Мааны ыалдьыт» бырайыагынан бииргэ үлэлэһэр. Сүрүн сыалбыт оҕо төрөөбүт тылын уус — уран айымньы муҥутуур чыпчаалын — олоҥхону истэ, тылын баайын иҥэринэ үөрэнэригэр туһуланар. Бүгүҥҥү «Мааны ыалдьыппыт» Хатылы нэһилиэгин В.С. Соловьев -Болот Боотур аатынан орто оскуола 9 кылааһын үөрэнээччитэ Кристина […]
Алтынньы ыйтан «Ааҕар чаас» куруһуокпут 2026-2027 үөрэх дьылыгар үлэтин саҕалаата. Манна С.А.Новгородов аатынан орто оскуола алын сүһүөх үөрэнээччилэрэ ааҕыыга дьарыктаныахтара, сайыннарар сахалыы остуол оонньууларын оонньуохтара, ону таһынан бэсиэдэлэри истиэхтэрэ. Куруһуок «Төрөөбүт тыл биһигэ» киин үлэтин кытта ыкса ситимнээх буолуо. Оҕолор сахалыы кинигэлэри ааҕыахтара, саха сиэрин-туомун билсиэхтэрэ. Ол курдук, 4 «г», 2 «а», 2″б» кылаас оҕолоро […]















