Дьиэ кэргэн олимпиадата түмүктэннэ, кыайыылаахтар билиннилэр.
Быйыл Владимир Путин Россияҕа Дьиэ кэргэн, Айсен Николаев Саха сиригэр Оҕо саас, Степан Саргыдаев Чурапчы улууһугар Ыал саргыта сыллары биллэрэн, сүрдээх элбэх үлэ, араас дьаһаллар ыытылыннылар. Оҕо библиотеката бу сылы түмүктүүр тэрээһининэн «Дьиэ кэргэн олимпиадатын» онлайн форматынан тэрийэн ыытта. Барыта 427 дьиэ кэргэн кыттыыны ыллылар. Балаһыанньа быһыытынан толору сөпкө уонна түргэнник хоруйдары ыыппыт кыттааччылар дипломунан наҕараадаланаллар. Ол курдук: 1 м Саина, Агафья, Петр Барашковтар (Кытаанах нэһилиэгэ), 2 м Мичил, Светлана, Иннокентий Поповтар (Чурапчы нэһилиэгэ С.А.Новгородов аат. Чурапчы орто оскуолата), 2м Саргы, Мария, Иван Ивановтар (Сылан нэһилиэгэ), 3м Виталий, Лена, Сергей Борисовтар (Арыылаах нэһилиэгэ), 3м Диана, Александра, Анатолий Куличкиннар (Одьулуун нэһилиэгэ), 3м Парасковья Собакина, Ньургун Филиппов (Одьулуун нэһилиэгэ) буоллулар. Бары кыттааччыларга уонна салайааччыларга махталбытын тиэрдэбит. Кыайыылаахтары итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Дьиэ кэргэҥҥитигэр или-эйэни, чэгиэн туругу, дьолу-соргуну , баҕарабыт! Үүнэн эрэр Саҥа сылынан!!!