Муниципальное казенное учреждение культуры

Детская библиотека

РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Чурапча, ул. Октябрьская, 37

«Кинигэ дьиэ кэргэни түмэр» дорҕоонноохтук ааҕыы күрэҕэ түмүктэннэ

2010 сылтан «Lit World» тэрилтэ көҕүлээһининэн олунньу бастакы сэрэдэтэ Аан дойду үрдүнэн Дорҕоонноохтук ааҕыы күнүнэн биллэр. Бу күнү көрсө уонна Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Чурапчы улууһугар Дьиэ кэргэн саргыта сыл чэрчитинэн «Кинигэ дьиэ кэргэни түмэр» дорҕоонноохтук ааҕыы күрэҕэ Оҕо библиотекатын көҕүлээһининэн, АНО «Сайдыс» Оҕону аахтарар киин өйөбүлүнэн ыытылынна. Барыта улуус үрдүнэн 14 дьиэ кэргэн 4 нэһилиэктэн кыттыыны ылла. Быйылгы сыллаах үбүлүөйдээх саха суруйааччыларын (С.А.Попов — Тумат, Г.И.Макаров — Дьуон Дьаҥылы, Р.Е.Винокурова — Хаар Мичээрэ, И.В.Мигалкин, С.Р.Кулачиков — Эллэй уо.д.а.) айымньыларын доргуччу аахтылар. Дьүүллүүр сүбэнэн: Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениятын сүрүннүүр специалиһа, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна Артемьева М.С., Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, үлэ ветерана Аргунова А.Е. үлэлээтилэр. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан: 1м Ивановтар дьиэ кэргэн Сылаҥ нэһилиэгэ, 2м Барашковтар, Бахсы нэһилиэгэ, 3м Оконешниковтар, Чурапчы нэһилиэгэ ыллылар. Бары кыттыбыт дьиэ кэргэттэргэ, сүрүннээбит библиотека үлэһиттэригэр махтанабыт. Кыайыылаахтар наҕараадаларгытын Оҕо библиотекатыттан кэлэн ыларгытын күүтэбит.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *