Оҕо библиотекатыгар тохсунньу-Таҥха Хаан ыйын саҕалааһыннара
Оҕо библиотеката бу нэдиэлэҕэ оҕолорго анаан Петр Багин «Суоллар тугу кэпсииллэр?» кинигэтинэн «Ааҕар чаас» куруһуок оҕолоругар «Кыыллар, көтөрдөр суолларын таай» таабырын оонньууну ыытта. Манна оҕолор кинигэ тэттик кэпсээннэринэн саха сирин кыылларын туһунан билиһиннэрдэ уонна таабырыннары таайтарда, бүтэһигэр карточкаларынан кыыллар суолларын буллара оонньотто. Кылгас кэм иһигэр оҕолор кыыллар суолларын билэ-көрө үөрэннилэр. Маннык оонньууну оҕолор сэҥээрэллэрин бэлиэтии көрдүбүт.







Эбии дьарыктарга сылдьар оҕолор библиотекаҕа киирэн остуол оонньууларын сөбүлээн оонньууллар.









Сахаларга Тохсунньу ый — Таҥха Хаан, билгэлэнии ыйынан биллэр. Бу ыйга анаан оҕо библиотекатыгар Олоҥхо киинин исписэлииһэ Игнатий Борисович Каженкины ыҥыран кытыннарда. Таҥха ыйын уонна сахаларга билгэлэнии суолтатын туһунан кэпсээтэ. Оҕолор бары сэҥээрэн, чумпуран олорон иһиттилэр, ону таһынан оҕолорго билгэлэнии көрүҥнэриттэн оонньотто. Оҕолор бу тэрээһинтэн тус бэйэлэригэр сахалыы сиэри-туому, саха итэҕэлин тутуһары билэн-көрөн бардылар. Хас биирдиилэригэр оҕо библиотекатын үлэһиттэрэ сахалыы ыйдар бэлиэлээх закладкалары туттартаата.

















