Муниципальное казенное учреждение культуры

Детская библиотека

РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Чурапча, ул. Октябрьская, 37

«Өркөн өй» литературнай квест

Сылын ахсын ыытыллар «Өркөн өй» литературнай оонньуубут быйыл квест оонньуу быһыытынан буолан ааста. Үбүлүөйдээх суруйааччылар: С. А. Попов-Сэмэн Тумат, Г. И. Макаров — Дьуон Дьаҥылы, Н. В. Михалева — Сайа, И. В. Мигалкин — Кэрэли, И. Д. Винокуров — Чаҕылҕан, Е. С. Сивцев — Таллан Бүрэ, Д. С. Федоров — Дмитрий Таас, Т. Е. Сметанин, С. Р. Кулачиков — Эллэй, Л. А. Попов — Леонид Попов, С. И. Тарасов — Савва Тарасов айар үлэлэригэр, олохторугар ананна.

Оонньуу түөрт түһүмэҕинэн ыытылынна:

1 түһүмэх — «Сыллар, күннэр…»: суруйааччылар олохторугар, айар үлэлэригэр аналлаах ыйытыктар.

2 түһүмэх — «Суруйааччы уонна айымньы»: суруйааччыны уонна кини айымньытын булан сөпкө туруоруу.

3 түһүмэх — «Ырыа буолбут хоһооннор»: ырыа буолбут хоһооннордоох суруйааччы аатын, ырыаны истэн таайыы.

4 түһүмэх — «Таба таай»: суруйааччы икки тэҥ кинигэлэрин сөпке таайан туруоруу.

Оонньууга Чурапчы нэһилиэгин үс оскуолата кыттыыны ылла: И. М. Павлов аатынан орто оскуола, С. А. Новгородов аатынан орто оскуола, С. К. Макаров аатынан улуустааҕы гимназия. Тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн: 1 миэстэ: С. А. Новгородов аатынан орто оскуола, 2 миэстэ: С. К. Макаров аатынан орто оскуола, 3 миэстэ: И. М. Павлов аатынан орто оскуола дипломнарынан уонна минньигэс бирииһинэн наҕараадаланнылар.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *