БиблиоОлимпиада- 2024
Муус устар 8 күнүгэр 5-6, 7-8 кылаас оҕолоругар онлайн улуустааҕы «БиблиоОлимпиада» ыытылынна. Чакыр, Хатылы, Дирин, Бахсы, Хайахсыт, Чыаппара уонна Чурапчы нэһилиэгиттэн С.А.Новгородов аатынан орто оскуола үөрэнээччилэрэ кыттыыны ылллылар. БиблиоОлимпиада юбилейдаах суруйааччыларга, библиографияҕа сыһыаннаах боппуруостарга ананна, түмүктүүр түһүмэх — «Мин сөбүлээн аахпыт кинигэм» мини-сочинение.
5-6 кылаастарга кыайыылаахтарынан В.С.Соловьев — Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ Максимова Юлиана, И.Е.Федосеев-Доосо аатынан Дириҥ орто оскуолатыттан Андреев Арылхан, В.С.Яковлев-Эрилик Эристиин аатынан оскуолатыттан Макарова Саша уонна Софронова Дарина.
7-8 кылаастарга кыайыылаахтар — С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатыттан Логинова Милена, Саввина София, Мордускина Далаана, В.С.Яковлев-Эрилик Эристиин аатынан Чакыр орто оскуолатыттан Кузьмина Арина.
Бу дьаһалга оҕолору кытыннарбыт библиотечнай ситим филиалларын библиотекардарыгар махталбытын тиэрдэбит.