«Өркөн өй» күрэҕэ
Сэтинньи 29 күнүгэр оҕо библиотекатыгар биир дойдулаахпыт, сахалартан бастакы үгэһит Степан Афанасьевич Саввин-Күн Дьирибинэ төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах Чурапчы нэһилиэгин оскуолаларын 7-8 кылааһын үөрэнээччилэрин икки ардыгар «Өркөн өй» литературнай ринг буолла. Күрэххэ алталыы оҕолоох үс хамаанда кытынна. Дьүүллүүр сүбэнэн үлэлээтилэр А.Е.Аргунова, М.Н.Захарова. Күрэх үс түһүмэҕинэн ыытылынна: 1түһүмэх:»Сыллар, күннэр…» ( суруйааччы олоҕор, айар
үлэтигэр аналлаах ыйытыктар)
2түһүмэх:»Кэм кэрдии» (биобиблиографическай
справочниктан ыйытыктар)
3 түһүмэх: Күн Дьирибинэ «Көбүөхтүүрүн аанньа күөх
киһиргэс» үгэтин толоруу (дьиэҕэ сорудах).
Түмүккэ эгил-тэгил киирсиигэ 1 миэстэни С.А.Новгородов аатынан орто оскуола «Күн» хамаандата (сал. педагог-библиотекардар Татаринова Л.Р., Е.Н.Фомина), 2 миэстэни С.К.Макаров аатынан Улуустааҕы гимназия «Сардаҥа» хамаандата (сал. педагог-библиотекарь Харлампьева Т.Н.), 3 миэстэни И.М.Павлов аатынан орто оскуола «Сайдыы» хамаандата (сал.педагог-библиотекарь Монастырева Е.К.) ыллылар.