«Гостиная интересных людей» ыалдьыта
«Туллукчаан» уһуйаан иитээччилэрэ, төрөппүттэрэ «Гостиная интересных людей» тэрээһиҥҥэ, орто бөлөх иитиллээччилэригэр библиотекарь идэтин билиһиннэрэр сыаллаах, Республикатааҕы «Лучший детский библиотекарь» конкурска ситиһиилээхтик кыттыбыт, Ольга Гаврильевна Эверстованы кытта көрсүһүү тэрийдилэр. Ольга Гаврильевна бэлэмнээбит презентациятын уонна кэпсээнин, оҕолор кырачаан да буоллаллар, сэҥээрэ көрдүлэр-иһиттилэр. Өссө остуоруйа кэһиилээх тиийэн оҕолор үөрүүлэрэ үксээтэ. Римма Корякина-Хотууна «Бөрө уонна саһыл» остуоруйатын ааҕан иһитиннэрдэ, саҥа кинигэлэри билиһиннэрдэ.



















