«Эбэ ааҕар» бырайыак салҕанар
Бүгүн биһиэхэ, «Ааҕар чаас» куруһуокпутугар, С.А.Новгородов аатынан орто оскуола 2″б» кылааһын оҕолоро библиотекаҕа кэлэр күннэрэ (кыл.сал.Т.Д.Барашкова). Оҕолорго быраабыланы чиҥэтэн кэпсээн, библиотека устун экскурсиялаатыбыт. Оҕолор абонемеҥҥа кинигэлэри көрөн, туох туһунан кинигэни уларсыахтарын быһаарыннылар. Ааҕар саалаҕа киирэн «Эбэ ааҕар» бырайыакпыт ыалдьытын, өр сылга оскуолаҕа педагог-библиотекарынан үлэлээбит, СР үөрэҕириитин туйгуна, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор эбэни, хос эбэни Анастасия Егоровна Аргунованы кытта көрүстүлэр. Кини оҕолорго Р.Корякина-Хотууна «Остуоруйа аптаах холбуката» кинигэтиттэн ааҕан иһитиннэрдэ, кэпсэтистэ. Бу кинигэҕэ остуоруйалар үтүө майгылаах буола улаатарга, үчүгэйи куһаҕантан араарарга үөрэтэр ис хоһоонноохтор диэн өйдөөтүлэр.
Оҕолор баралларыгар талбыт кинигэлэрин уларсан, аҕалар күннэрин быһаарсан, махтанан тарҕастылар.





















