«Ааҕар чаас» куруһуок үлэтин саҕалаата
Алтынньы ыйтан «Ааҕар чаас» куруһуокпут 2026-2027 үөрэх дьылыгар үлэтин саҕалаата. Манна С.А.Новгородов аатынан орто оскуола алын сүһүөх үөрэнээччилэрэ ааҕыыга дьарыктаныахтара, сайыннарар сахалыы остуол оонньууларын оонньуохтара, ону таһынан бэсиэдэлэри истиэхтэрэ. Куруһуок «Төрөөбүт тыл биһигэ» киин үлэтин кытта ыкса ситимнээх буолуо. Оҕолор сахалыы кинигэлэри ааҕыахтара, саха сиэрин-туомун билсиэхтэрэ. Ол курдук, 4 «г», 2 «а», 2″б» кылаас оҕолоро бу нэдиэлэҕэ сырыттылар.











































