Оҕо — төрөппүт — ааҕыы
Оҕо кыра сааһыттан кинигэҕэ сыстаҕас, ааҕыыга интэриэстээх буолара дьиэ кэргэнтэн — төрөппүттэн улахан тутулуктаах. Бу өйдөбүлү тутуһан, библиотека бииргэ үлэлэһэр социальнай партнера «Мичил» уһуйаан кэллэктиибин ыҥырыытынан, алтынньы 7 күнүгэр төрөппүттэргэ, «Дьиэ кэргэнинэн ааҕыы оҕо саастан төрүттэнэн саҕыллар» диэн О.Г. Эверстова кэпсэтии ыытта.
Оҕоҕо остуоруйаны хайдах ааҕыахха сөбүн биир дойдулаахпыт, оҕо суруйааччыта Римма Корякина-Хотууна саҥа тахсыбыт «Остуоруйа аптаах холбуката» кинигэтиттэн "Оҕуруо" диэн олоххо көстөр түгэни кэпсиир, остуоруйатын сэҥээрэ иһиттилэр.



Төрөппүттэргэ тэттик сүбэлэри биэрдэ:
- оҕоҕо кинигэ ойуутун көрдөрө-көрдөрө ааҕыҥ;
- оҕону кытта кэпсэтин, билбэтин быһаара сылдьаргыт олус туһалаах. Айымньы ис хоһоонун ырытар табыгастаах;
- дьиэҕэ ааҕар кинигэлэр баар буолуохтаахтар;
- оҕо кыра эрдэҕиттэн библиотекаҕа сылдьын;
- бэйэҕит кинигэ ааҕыҥ. Төрөппүт оҕо ааҕарыгар холобур буоларын умнумаҥ.











