МБУ "Чурапчинская межпоселенческая централизованная библиотечная система"

Детская библиотека

РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Чурапча, ул. Павла Пинигина 15а

Чурапчыга — өрөспүүбүлүкэтээҕи «Территория чтения 5.0» ааҕар дьиэ кэргэн турнира

Бүгүн оҕо библиотеката республикатааҕы, «БиблиомаЯк» бэстибээл чэрчитинэн, «Территория чтения 5.0» ааҕар дьиэ кэргэн турнирын ыытта. Манна Чурапчы нэһилиэгин үс оскуолатыттан 9 дьиэ кэргэн кыттыыны ылла. Кыттааччылар саастарынан икки бөлөххө арахсан 5 түһүмэххэ билиилэрин тургуттулар.

Турниры түһүмэхтэринэн сөптөөхтүк көрөн сыаналаатылар:

СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ иитиигэ уонна үөрэхтээһиҥҥэ Бочуоттаах үлэһитэ, «Саха сирин методиһа” бэлиэ туһааннааҕа, Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатын уопсай үөрэхтээһиҥҥэ уонна методическай хааччыйыыга отделын сүрүннүүр специалиһа — Мария Семеновна Артемьева;

СӨ култууратын туйгуна, Е.А.Борисов аатынан киин библиотека цифровой отделын сэбиэдиссэйэ — Саргылана Кэнчэриевна Флегонтова.

Быйылгы турнир ыйытыктара Арассыыйаҕа Норуоттар сомоҕолоһууларын сылыгар ананна:

1 тур. «Сказки народов России»

2 тур. «Традиции и обычаи народов России»

3 тур. «Музыкальный»(музыкальное искусство и традиционные инструменты)

4 тур. «7 чудес России»

5 тур. «Творческий» (Создание Дерева читающей семьи)

Күрэх түмүгүнэн бастакы бөлөххө:

  • 1 истиэпэннээх Диплому ылла «Мудрецы» хамаанда (Людмила Дмитриевна Платонова — эбэлэрэ уонна Алена Герасимовна, Маша Никитинэлэр);
  • 2 истиэпэннээх Диплому ылла «Библиофилы» хамаанда (Анастасия Ионовна Дьчковская — эбэлэрэ уонна Ольга Дмитриевна, Устин Макаровтар);
  • 3 истиэпэннээх Диплому ылла «Знатоки» хамаанда (Вера Гаврильевна Монастырева — эбэлэрэ уонна Саргылана Дмитриевна, Юля Монастыревалар);

Иккис бөлөххө:

  • 1 истиэпэннээх Диплому ылла «Книгоманы» хамаанда (Саргылана Петровна, Айыына Никитинэлэр);
  • 2 истиэпэннээх Диплому ылла «Всезнайки» хамаанда (Рада, Николай Николаевич Захаровтар);
  • 3 истиэпэннээх Диплому ылла «Книголюбы» хамаанда (Иван Иванович, Ньургун Харлампьевтар);

Кыттыыны ылбыт дьиэ кэргэттэр бары Махтал, Туоһу суруктары туттулар. Бииргэ үлэлэһэр С.А. Новгородов, И.М. Павлов ааттарынан Чурапчы орто оскуолаларын, С. К. Макаров аатынан улуустааҕы гимназия педагог-библиотекардарыгар Людмила Романовна Татариноваҕа, Нюргуяна Егоровна Федороваҕа, Евдокия Кимовна Монастыреваҕа, Туйаара Николаевна Харлампьеваҕа уонна кэлэн кыттыыны ылбыт бары дьиэ кэргэттэрбитигэр махталбытын тиэрдэбит, оҕоҕо кыһамньыгыт уҕараабатын. Дьоллоох-соргулаах буолун!

#БиблиомаЯк#Территория чтения

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *